Куурус сүрүн сыала:
1) сахалыы дьыала истиилин уратытын билии,
2) сахалыы дьыала истиилинэн саҥарар-суруйар дьоҕуру сайыннарыы,
3) тыл-өс култууратын үрдэтии, төрүт тылы булкаас тылтан арааран туттар үөрүйэҕи иҥэрии.
Куурус алта түһүмэхтээх:
1. Саха тылыгар дьыала истиилин олохсуйуутун устуоруйата. Билиҥҥи саха тылыгар дьыала истиилин туруга;
2. Сахалыы дакылаат, отчуот оҥоруу уратыта. Дьыала тылын уонна истиилин ирдэбилэ;
3. Суут-сокуон, ыйаах-уураах (дьаһалта араҥатын) тыла-өһө;
4. Кэнсэлээрийэ араҥатын тыла-өһө. Докумуону, официальнай суругу оҥоруу;
5. Дьыала истиилэ – иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ;
6. Дьыала эйгэтин матырыйаалын нууччалыыттан сахалыы тылбааһа.
Кууруска видео-лиэксийэ, түмүк сорудах киирэр. Ону сэргэ бэйэ ааҕарыгар, билиини чиҥэтэргэ эбии матырыйаал, дьыала истиилин тиэрминин уонна кууруска туттуллубут тиэрмин кылгас тылдьыта бэриллэр.
Ситиһиини баҕарабыт!
- Teacher: Саргылана Владимировна Иванова
- Teacher: Семен Посельский
- Teacher: Айяна Алексановна Филиппова